🎬 РУБРИКА КАНАЛА «БЭРТШКОЛА» | Судаарыстыбаннас күнүгэр аналлаах үөрүүлээх линейка
🎬 РУБРИКА КАНАЛА «БЭРТШКОЛА» | Судаарыстыбаннас күнүгэр аналлаах үөрүүлээх линейка Бүгүн, балаҕан ыйын 26 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах үөрүүлээх линейка ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ ытыктабыллаах ыалдьыппыт – олохтоох дьаһалта үөрэҕин управлениетын иитии уонна эбии үөрэхтээһин салаатын сүрүн исписэлииһэ Винокуров Егор Семенович, ону таһынан уопсастыбаннай хамсааһыннар кыттыыны ыллылар. Биһиги оҕолорбут эриэккэс хоһооннорунан, кэрэ үҥкүүлэринэн бу тэрээһини умсугутуулаахтык киэргэтэн, кэрэхсэбиллээх оҥордулар. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа үрдэтилиннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ үйэлэргэ чэчирии, сайда турдун, дьоно-сэргэтэ дьоллоох буоллун! Уруй-Айхал!