Мегино-Алданский литературно-краеведческий музей имени народного писателя Якутии Егора Петровича Неймохова
Лайфстайл · 22 апреля 2026 г.
Удьуор Уус Готовцевтар. — 22 апреля 2026 г. в 08:00:36.882
Удьуор Уус Готовцевтар. Агафья Николаевна, Федор Федорович Готовцевтар Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр Уус Алдантан кэлэн олохсуйбуттар. Кинилэр 5 уол оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ - Владимир, Федор, Николай, Иван, Василий. Бу уолаттар бары ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн, кинилэр сыдьааннара киэҥ Сахабыт сирин араас муннуктарыгар олохсуйан олороллор. Уус тарбахтаах, айылҕаттан талааннаах Готовцевтар хас биирдии үлэлэрэ, үйэлээх оҥоһуктара, киэргэллэрэ дьон биһирэбилин ылаллар. Кинилэр ылсыбатах, сатаабатах дьарыктара диэн суох. Муус, мас, тимир оҥоһуктартан саҕалаан, мельхиортан оҥоһуллубут дьахтар киэргэллэригэр, араас уруһуйдарга тиийэ — барытыгар сатабыллаахтара. Готовцевтар Мэҥэ Алдан чэчирии сайдарыгар, бэйэлэрин дьоһун кылааттарын киллэрсибиттэрэ. Мэҥэ Алдаҥҥа киирии стеланы, Ыстаарыһа өтөҕөр ыһыахтыыр сир сэргэлэрин, сынньалаҥ киинин иннигэр фонтан, «Кутурҕан» Аҕа дойду Улуу сэриитигэр уолаттарын атаарбыт ийэлэргэ анаммыт пааматынньык - бу барыта кинилэр уран тарбахтарынан, уус илиилэринэн оҥоһуллубуттара. Готовцевтар оҥоһуктарын быыстапкатын олохтоох түмэлгэ кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт!

