Бүгүн Сири тупсаран оҥорууга уонна тыа хаһаайыстыбатын уунан хааччыйыыга салалтатын Чур... — 28 мая 2026 г. в 05:05:42.113
Бүгүн Сири тупсаран оҥорууга уонна тыа хаһаайыстыбатын уунан хааччыйыыга салалтатын Чурапчытаа5ы филиалын эбийиэгэр - Одьулууҥҥа Бэрэ быһытын арыйар үөрүүлээх тэрээһин буолла. Билигин үрэх сүүрдэн, Эбэ туолан, олохтоохтор тыын боппуруостара быһаарыллан, үөрүүлэрэ үгүс. Одьулууннар 2014 сыллаахха ууга баран, бу быһыт эмсэҕэлээн, 2017 сыллаахха алдьаммыта. Онон нэһилиэнньэ уунан хааччыллыыга улахан кыһалҕаны көрсүбүтэ. Туруорсуулар, кэпсэтиилэр баран, күн бүгүн үлэбит түмүктээх буолла. Тутууну Семен Полятинскай салайааччылаах «Добунстрой” ХЭТ ыытта, нэһилиэнньэ туора турбакка, күүс-көмө буолла.

