Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр быйыл хас даҕаны бырагыраама үбүнэн өрөмүөннэнэр ... — 16 июля 2026 г. в 10:43:47.691
Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр быйыл хас даҕаны бырагыраама үбүнэн өрөмүөннэнэр С.Ф. Сивцев аатынан “Түмэн” норуот айымньытын киинин дьиэтигэр үлэни билистибит. Киин өрөмүөнэ өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай бырагыраамаларынан олоххо киирэр. Маныаха баатаҕайдар 2022 сылтан саҕалаан бу хайысхаҕа сыралаһан үлэлэһэн, бастаан “Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр” бырагырааманан толору хааччыллыыны киллэрэргэ 2 680 000 солкуобай үп көрүллүбүтэ уонна бу соторутааҕыта “Дьиэ кэргэн” национальнай бырайыагынан 14 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай суумалаах үлэни ситиһэн, киин дьиэтэ истиин-тастыын бүтүннүү өрөмүөннэнэр, толору хааччыллыылаах буолар. Сөптөөхтүк, сатабыллаахтык дьаһанан улахан үлэ оҥоһуллара ситиһилиннэ. Онон, култуура улуустааҕы салалтата, нэһилиэк, улуус дьаһалталара ирдэнэр көмөнү оҥорон иһэллэригэр сорудахтаатым. Айымньылаах, сыралаах үлэҕит үтүө түмүктээх буоллун! Афанасий Ноев

