Саха норуотун саамай мааны, кэрэ бырааһынньыгынан — Ыһыах күнүнэн ис сүрэхтэн итии -ист... — 21 июня 2026 г. в 03:10:23.403
Саха норуотун саамай мааны, кэрэ бырааһынньыгынан — Ыһыах күнүнэн ис сүрэхтэн итии -истиҥ эҕэрдэ!Бу кэрэ күн айылҕа уһуктан, сир ийэ силигилии ситэн, дьоҥҥо барытыгар күүс-уох, эрэл уонна саҥа олох суолун арыйар. Эһиэхэ олоххутугар үрүҥ күн сырдыгын, чэгиэн-чаҕылхай туругу баҕарабыт. Үлэҕит-хамнаскыт өрүү ситиһиилээх буоллун, былааннаабыт былааннаргыт барыта туоллун. Харысхал алгыһа эһигини өрүү араҥаччылаатын! Күндү доҕоттор, саймаархай, кэрэ Ыһыаҕынан!

