Сир аhыттан саамай күндүлэрэ, сыаналаахтара уонна үгүстүк хомуллар-ийэ сирбит мааны бэл...
Сир аhыттан саамай күндүлэрэ, сыаналаахтара уонна үгүстүк хомуллар-ийэ сирбит мааны бэлэ5э, кыhыл отон буолар. Айылҕабыт көмүс кыраасканнан симэнэр кэмигэр биhиги, Чамча орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ, учууталлара бары хомуллан ойуурга отоннуу сырыттыбыт. Былыргыттан саха дьоно отону эмтээх, битэмииннээх аhылык быhыытынан үрдүктүк сыаналыыллар. Отоннуу барыы бэйэтэ ураты сиэрдээх, туомнаах. Ойуурга киирэн ийэм Лариса Степановна Баай Байанайтан көрдөhөн арыылаах алаадьынан күндүлээтэ.. Ойуурга сиэрдээхтиик сылдьыы туhунан учууталларбыт билиһиннэрдилэр. Бары бииргэ үөрэ-көтө отонноон, айыл5а5а аhаан-сиэн (оскуолабыт үлэһиттэрэ Сардана Ивановна, Аида Ивановна буһарбыт минньигэс бэрэскилэрин сибиэһэй салгыӈӈа сии охсон, олус минньигэс арбуз амсайан, дьоммут бэлэмнээбит астарын аһаан), күүс-уох ылынан иhиттэрбитин барытын толорон санаабытын ситистибит. Бу күн о5олор, төрөппүттэр, учууталлар биир эйэлээх хамаанда буолан кыhын оскуола остолобуойугар сиир отоммутун булан үөрэ-көтө Баай Байанайбытыгар махтанан дьиэбитигэр тар5астыбыт. Видео: Яна Омукчанова- Пахомова Текст: Аня Степанова Фото: Федорова О.И. Колосова Н.П.