🎉Алтынньы 1️⃣8️⃣ күнэ - Арассыыйаҕа Аҕа күнэ.
🎉Алтынньы 1️⃣8️⃣ күнэ - Арассыыйаҕа Аҕа күнэ. Ол туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2021 сыл алтынньы 4️⃣ күнүгэр илии баттаабыта. Аҕа күнэ алтынньы ый үһүс өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. Аҕа – көмүскээччи, бигэ тирэх уонна үтүө сүбэһит. Аҕа – иллээх дьиэ кэргэн тулхадыйбат тутааҕа. Кини оҕотугар тус көрүүлээх, сатабыллаах, араҥаччылыыр аналлаах буола улаатарыгар тус холобур буолар. Аҕа ыарахан түгэҥҥэ үтүө сүбэтинэн өйүүр, саҥаны баһылыырга, үрдүк чыпчааллары дабайарга көмөлөһөр. Аҕа – көнө майгы, үрдүккэ дьулуур холобура, үтүөҕэ бастакы уһуйааччы. Ытыктабыллаах аҕалар! Аҕа күнүнэн эҕэрдэлиибит! 💯🤝👏