Дойдубутугар норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар уонна Өрөспүүбүлүкэбитигэр култуура сыл...
Дойдубутугар норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар уонна Өрөспүүбүлүкэбитигэр култуура сылыгар аналлаах «Көмүс күһүн бэлэхтэрэ» күһүҥҥү ас-үөл дьаарбаҥката гимназиябытыгар буолан ааста. Бары кылаастар көхтөөх кыттыыны ыллылар. Атыыга бааллар этэ: сибиэһэй оҕуруот уонна сир аһа, бэйэ буһарыытын аһа, кус-хаас, балык арааһа остуоллары киэргэттилэр. Дьаарбаҥка ырыа-тойук аргыстаах, биир тэтимининэн ааста. 📸📸📸 https://vk.ru/album-217317439_312331551