❗Ууга сэрэхтээх буолун!❗ — 29 июня 2026 г. в 22:42:00.246
❗Ууга сэрэхтээх буолун!❗ Күндү Амма улууһун олохтоохторо, ыалдьыттар! Куйаас куннэр туралларынан ууга сэрэхтээх буоларгытыгар ыҥырабыт! - Билбэт сиргитигэр сөтүөлээмэн! - Сөтүөлүүргэ уу сылааһа +18-20 кыраадыстан кыра буолуо суохтаах. - Дириҥҥэ бэйэ кыаххытын көрөн сөтүөлээн, ыраах үөс диэкки кииримэн. Үөс диэкки уута тымныы, сүүрүгэ күүстээх буолар. - Төрөппүттэр оҕолору улахан киһитэ суох өрүскэ, күөлгэ ыытыман! - Өрүс, күөл таһыгар оҕолору хараххыт далыттан таһаарыман! - Үрүллэр матрастарарынан, оонньуурдарынан үлүһүйүмэн (Тыалга устан дириҥҥэ баран халыан сөп) - Итирдэр утах иһэн баран сөтүөлүүр булгуччу бобуллар. Амгинский ИУ ГИМС.

