🌿 Кэккэ нэһилиэктэр былааннарын улахан аҥаарын толордулар, сорох ‒ куоһарда
🌿 Кэккэ нэһилиэктэр былааннарын улахан аҥаарын толордулар, сорох ‒ куоһарда 🚜 Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар хаһаайыстыбыларга барыта 114000 туонна от оттоммутун иһитиннэрэллэр, 200 туонна сенаж бэлэмнэммит. 📊 Биһиги улууспутугар өрүс эҥэр нэһилиэктэргэ кыһалҕалаах боппуруос билигин да турар. Ол да буоллар, атырдьах ыйын 20 күнүнээҕи субуокканан көрдөххө, 44369 туонна былаантан 69,1 бырыһыана толорулунна, ол аата 30650,1 туонна от кэбиһиллибит. 🌿 Нэһилиэктэр билигин от үлэтигэр күүскэ туруннулар. Алтан, Бэдьимэ, Бүтэйдээх, Дьабыыл, Дойду, Дьаҥхаады, Мэлдьэхси, 1-кы Наахара, 2-с Тыыллыма, Нөөрүктээйи нэһилиэктэрэ былааннарын 50‒60 бырыһыанын куоһардылар. 📈 Оттон 1-кы Наахара 72, 2-с Наахара 75, Доллу 79, Моорук 73, Баатара 87, Мэҥэ 84, Бүтэйдээх 94, Мөҥүрүөн 98, 71, 2-с Наахара 64, 1-кы Тыыллыма 68, Тараҕай 74, Хорообут 72, Ходоро 81, Араҥас 93, Хара 82 бырыһыаны толорон үчүгэй көрдөрүүлэннилэр. 👍 Догдоҥо 102, Холгума 151, Чыамайыкы 102 бырыһыан былааннарын аһара толордулар. @gazetaerkeii @ulusmedia