Кулун тутар 6 күнүгэр Өктөм нэһилиэгэр Николаев кииҥҥэ дьоро киэһэ буолла. Чапаев олохт... — 6 марта 2026 г. в 15:21:19.573
Кулун тутар 6 күнүгэр Өктөм нэһилиэгэр Николаев кииҥҥэ дьоро киэһэ буолла. Чапаев олохтоохторо "Дьэ буолар да эбит" диэн кэмиэдьийэни көрдөрөн көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар. Нэһилиэк эр дьоно Аан дойду дьахталларын күнүнэн эҕэрдэлээн кэнсиэр көрдөрдүлэр, бириистээх оонньуулары тэрийдилэр. Бу киэһэни иилээн-саҕалаан ыытта нэһилиэк аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта Молтуун Кынат Өктөм Уола. Спонсарынан буоллулар "Евгения", "Эргиэн", "Киин маркет" маҕаһыыннар, “Айан”, “Поехали” уонна “Виктория” таксилар, СХПК Ноговицын П.Р.

