🌿☀️Үрүн Тунах ыһыах Хачыкаат нэһилиэгэр — 24 июня 2026 г. в 01:46:41.604
🌿☀️Үрүн Тунах ыһыах Хачыкаат нэһилиэгэр 🏞️Бэс ыйын 20 күнүгэр 2026 с. Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура, Хаҥалас улууһугар биир санааннан айар — турар түмсүүлээх буолуу сылларыгар, Хачыкаат нэһилиэгэр С.П. Барашков 150 сылыгар анаммыт Үрүн Тунах ыһыах буолла. Аҕыс иилээх саҕалаах Айгыр - силик бэйэлээх Аан ийэ дойду Арылы далбарыгар Айыллан үөскээбит Арҕаһыттан тэһииннээх Аһыныгас санаалаах Айыы хаан аймахтара! Төрүт өбүгэ үгэһин утумнаан, Түөлбэ түһүлгэни төрүттүүр Төбүрүөннээн түмсэр Төлкөлөөх түгэммит тиийэн кэллэ. Сиһилии 👉🏻 https://ck-saryel.kultura14.ru/h/

