САХА МАЛА-САЛА – САХА ОЛО5О ДЬАһА5А» — 9 июня 2026 г. в 01:41:59.429
САХА МАЛА-САЛА – САХА ОЛО5О ДЬАһА5А» үгэскэ олоҕурбут саха малын күрэҕин балаһыанньата ТЭРИЙЭЭЧЧИЛЭР: Ньурба улууһун администрацията, Култуура департамена, К.Д. Уткин аат. Норуоттар доҕордоһуулара түмэл. БУОЛАР КЭМЭ: бэс ыйын 20-21куннэрэ 2026 сыл, 10ч00м.-17ч00м. БУОЛАР СИРЭ: Ньурба, Кыталыктаах, нэһилиэктэр түһүлгэлэрэ. КҮРЭХ ИРДЭБИЛЛЭРЭ: Күрэххэ маастар, иистэньэн, эбэтэр маастардар, иистэр түмсүүлэрэ муниципальнай тэриллии аатыттан кытталлар. Күрэххэ көрдөрүллэр: - Саха норуота олоҕор дьаһаҕар туттуллар мала – сала; - Саха эр киһитин, дьахтарын, оҕо аймах төрүт таҥаһын арааһа: кыһыҥҥы, сайыҥҥы, уруу таҥаһа; - Дьөһөгөй оҕотун маанылаах симэҕэ; - Үлэ 3 сылтан бэттэх тигиллибит, эбэтэр ситэриллибит буолуохтаах; САЙААПКАЛАР: Быыстапкаҕа кыттар туһунан сайаапка бэс ыйын 17 күнүгэр дылы маннык аадырыска ылыллар: Ньурба к., Ст. Васильев уул.123А., тел. 8 (41134) 2-34-97; museum1972@mail.ru, whatsapp 89148215873. Сайаапка бэриллибит формаҕа толоруллар.

