КУОТАҔА АЙАН 🏕️ — 15 сентября 2026 г. в 01:46:49.650
КУОТАҔА АЙАН 🏕️ В.А. Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл кэллэктиибэ уонна "Сата" куруһуок оҕолоро судаарыстыбаннай-бэлэтиичэскэй диэйэтэл Варвара Андреевна Петрова төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах айаҥҥа кыттыыны ыллылар: Балаҕан ыйын 14 күнүгэр Үөдэй нэһилиэгэр В.А. Петрова аатынан оскуола-уһуйаана "Куотаҕа айан" бырайыагынан оройуоннааҕы тэрээһин буолла. Оскуола, кулууп, тыа сирин олохтоох түөлбэтэ бары бииргэ түмсэн көхтөөхтүк тэрийэн ыыттылар. Биһиги 9-с кылаастан 4 уолу илдьэ баран кыттыыны ыллыбыт. Сиһилии https://mdnutkina.sakha.muzkult.ru/news/145800943