Күндү Кия Павловна!🎉
Күндү Кия Павловна!🎉 Эйигин олоххор саамай дьоһуннаах, үтүө-мааны 65 сааскын туолар үбүлүөйдээх күҥҥүнэн Аан дойдутааҕы хомус түмэлин уонна киинин кэлэктиибин аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!👏 Эн Хомус түмэлигэр номнуо уонтан тахса сыл устата, ис сүрэххиттэн бэриниилээхтик, көхтөөхтүк үлэлии сылдьаргын ытыктыыбыт, сыаналыыбыт. Эн мындыр өйүҥ, дириҥ билииҥ уонна ураты суруйар, тылбаастыыр дьоҕуруҥ хомус эйгэтигэр араас кинигэ буолан таҕыстылар. Улуустарынан экспедициялары тэрийэн, чинчийэн, түмэл фондата хаҥыырыгар дьаныардаахтык үлэлии сылдьаргар уонна мэлдьи үтүө сүбэҥ иһин барҕа махталбытын биллэрэбит!💐 Бу үбүлүөйдээх күҥҥэр эйиэхэ баҕарабыт чөл олоҕу, үрдүк көтөҕүллүүлээх сырдык санааны, дьиэ кэргэҥҥэр или-эйэни, дьолу, баҕарабыт!👏 Аан дойдутааҕы хомус түмэлин уонна киинин кэллэктиибэ