Музей музыки и фольклора народов Якутии им. А.П. Решетниковой
Лайфстайл · 8 сентября 2026 г.
Үтүө күнүнэн күндү сурутааччыларбыт! Бүгүҥҥү күнтэн ыла эһиэхэ саха төрүт үгэстэрин туһ... — 8 сентября 2026 г. в 04:29:33.634
Үтүө күнүнэн күндү сурутааччыларбыт! Бүгүҥҥү күнтэн ыла эһиэхэ саха төрүт үгэстэрин туһунан рубрикабытын саҕалыыбыт. Бастатан туран ырытыаҕын үгэс диэн өйдөбүлү. Үгэс диэн өйдөбүлү Санаайа " Киһитийии сэһэнэ" диэн кинигэтигэр олус учугэйдик быһаарар: "Киһи, норуот олоҕор хатыланан кэлэ турар быһыы-майгы, өй-санаа, олоҕу-дьаһаҕы тэринии, үлэ, оҕону иитии үөрүйэхтэрэ, уруу-аймах сыһыана, норуот айымньыта биирдии киһиттэн, ыалтан, бүтүн омуктан, норуоттан түмүллэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, норуот айылҕаҕа сөп түбэһэн олорор, тыыннаах буолан чэчирии сайдар үөрүйэҕэ, албаһа, сатабыла, баайа-дуола таҥыллан үгэскэ кубулуйар. Үөрүйэх, сатабыл, идэтийии мунньуллан киһиттэн киһиэхэ бэриллэн, дьон-сэргэ өйүгэр-сүрэҕэр олохсуйан үгэс үөскүүр. Үөрүйэҕи, идэтийиини киһи сотору умнуон, атын үөрүйэххэ аралдьыйыан сөп. оттон үгэс халбаҥнаабат, кытаанах сиэр, ирдэбил, үрдүк итэҕэл буолар.." Биһигинниин бииргэ буолун: https://max.ru/id1435031824_gos #МузеймузыкиифольклоранародовЯкутии #ГодКультурывЯкутии #ГодединстванародоввРоссии

