Музей музыки и фольклора народов Якутии им. А.П. Решетниковой
Лайфстайл · 20 октября 2026 г.
Уус-уран тыл баайын байҕалын, тыл муҥутуур таһымын-
Уус-уран тыл баайын байҕалын, тыл муҥутуур таһымын- Олоҥхону толорооччулар, сэргээччилэр уонна тарҕатааччылар! Этэр тылгыт эгэлгэтэ, тохтор тойуккут сүмэһинэ, оллоонноон олорон эрэ олоҥхону огдоолуччу ааҕар буоллаххытына бу күрэх эһиэхэ ананар. А.П.Решетникова аатынан Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлэ олоҥхоһут- Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан, кэлэр кэнчээри ыччаттарга олоҥхо ааҕыытыгар кэтэхтэн ыытыллар күрэх биллэрэр. Сайаапканы алтынньы 20 күнүттэн, сэтинньи 5 күнүгэр диэри Sakha_mfm@mail.ru хомуйабыт. Балаһыанньаны: https://folkmuseumyakutia.tw1.ru/novosti/33583/ сигэнэн киирэн көрүн. MAX-ханаалбытыгар суруттарыҥ, сонуннары көтүппэккэ көрүҥ: https://max.ru/id1435031824_gos #Сахасиринноруоттарынмуусукатынфольклорунтүмэлэ #СӨкултуурасыла #Олоҥходекадата #Бэдьээлэ