Майя Петровна Слепцова - Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа- саха суруйааччыларын а... — 16 июля 2026 г. в 01:47:36.693
Майя Петровна Слепцова - Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа- саха суруйааччыларын айымньыларын, ону таһынан оҕолорго анаан араас остуоруйалары ааҕан, дьон-сэргэ сахалыы тылынан кинигэни ааҕарыгар, айымньылары истэригэр, төрөөбүт тыл умнуллубакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэригэр бэйэтин кылаатын киллэрэр. 🎧 Төлкө : 1 кинигэтэ. Хараҥа түүн: [аудиозапись] / Золотарев Николай Гаврилович-Николай Якутскай Төлкө : 2 кинигэтэ. Халлаан сырдыыта: [аудиозапись] / Золотарев Николай Гаврилович-Николай Якутскай Төлкө : 3 кинигэтэ. Күн тахсыыта: [аудиозапись] / Золотарев Николай Гаврилович-Николай Якутскай 🎧 Сүрэх тэбэрин тухары : роман : [аудиозапись] 🎧 Дьылҕам миэнэ : роман 1 ч. : [аудиозапись] / Далан Дьылҕам миэнэ : роман 2 ч. : [аудиозапись] / Далан 🎧 Хаарыан хампа күөх кытылым : "Муора кытыытынан сүүрэр эриэн ыт" диэн сэьэнинэн Андрей Борисов инсценировката : [аудиозапись] / Чингиз Айтматов 🎧 Табыллыбатах таптал : кэпсээн : [аудиозапись] / Иван Федосеев-Доосо СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ "Эбээ Маайа ааҕар" хомуурунньукка бу сигэнэн киирэн аудиокинигэтэ истиҥ диэн ыҥырар! Ааҕыылар саха литературатын төрүттээччилэр, норуодунай суруйааччылар, араас кэмнээҕи суруйааччылар айымньылара уонна остуоруйалар диэн араарыллан киирдилэр.

