Олох дьоло - үлэҕэ. Ийэ дьоло - оҕоҕо: Кыадаҥдаҕа саҥа кинигэ сүрэхтэннэ
Олох дьоло - үлэҕэ. Ийэ дьоло - оҕоҕо: Кыадаҥдаҕа саҥа кинигэ сүрэхтэннэ Алтынньы 9 күнүгэр Бүлүү улууһун Кыадаҥда нэһилиэгин олохтооҕо, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуоттаах грамотатынан үс төгүл наҕараадаламмыт, элбэх оҕолоох ийэ, эбэ, хос эбэ Анна Егоровна Игнатьева төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһин Кыадаҥда сиригэр-уотугар буолан ааста. Тэрээһин иккис чааһыгар Кыадаҥда сынньалаҥ киинигэр Анна Егоровна оҕолоро уонна сиэнэ Людмила Горохова хомуйан, таҥан таһаарбыт “Олох дьоло - үлэҕэ. Ийэ дьоло - оҕоҕо" кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. https://nlrs.ru/news/17105