Олох дьоло - үлэҕэ. Ийэ дьоло - оҕоҕо: саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт
Олох дьоло - үлэҕэ. Ийэ дьоло - оҕоҕо: саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт Алтынньы 21 күнүгэр 15.00 чаастан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр Бүлүү улууһун Кыадаҥда нэһилиэгин олохтооҕо, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуоттаах грамотатынан үс төгүл наҕараадаламмыт, элбэх оҕолоох ийэ, эбэ, хос эбэ Анна Егоровна Игнатьева төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһин ыытыллар. Тэрээһин чэрчитинэн Анна Егоровна оҕолоро уонна сиэнэ Людмила Горохова хомуйан, таҥан таһаарбыт “Олох дьоло - үлэҕэ. Ийэ дьоло - оҕоҕо" кинигэ сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Кэлиҥ, сылдьыҥ, сэргээҥ диэн ыҥырабыт! Буолар сирэ: Национальнай бибилэтиэкэ сүрүн дьиэтэ, 3 этээс, “Оратор” былаһаакка.