Бүгүн, муус устар 10 күнүгэр " Мындыр саха" тыл, өй оонньуутун күрэһэ буолла. Бу күрэхх...
Бүгүн, муус устар 10 күнүгэр " Мындыр саха" тыл, өй оонньуутун күрэһэ буолла. Бу күрэххэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолор уонна 1- гы кылаас үөрэнээччилэрэ оонньууллар. Авторскай оонньууну алын сүһүөх үрдүк категорялаах учуутала Н.Н.Жиркова уонна " Айылгы" уһуйаан сэбиэдиссэйэ М.П.Яковлева айан таһаарбыт оонньуулара буолар. Оонньуу сүрүн сыалынан оҕо төрөөбүт тылынан холкутук саҥарыгар, түргэнник толкуйдуу охсон хоруйдууругар уонна ситимнээх саҥаны сайыннарыыга, хамаандаҕа оонньуурга иитэр үөрэтэр. Ол курдук оонньуу түмүгүнэн бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччитэ Аммосова Элеонора "Мындыр саха" аатын сүктэ. Оҕолор бары оонньууттан үөрдүлэр, минньигэс,грамота туттулар. Дьиэ кэргэҥҥэ уу сахалыы кэпсэтэргэ элбэх үлэ баарыан наада. Оҕолорбут тылларын саппааһын элбэтэр, ситимнээн саҥаралларын ситиһэр, ону тэҥэ оспут тыллары билэллэригэр дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах.