Сир кунугэр анаммыт дьарык
Сир кунугэр анаммыт дьарык • Оҕолорбутун Сирбитигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга, айылҕа баайын харыстыырга уут иьититтэн туттан, улахан автобуһу оҥордулар. • Бу автобус — кэмчи, ыраас буолуу, айылҕаны харыстааһын туһунан оҕолор өйдөбүллэрин бэлиэтэ. Оҕолор бэйэлэрэ матырыйааллары хомуйсан, бииргэ үлэлээн, санааларын сайыннаран, илиилэринэн он,ордулар Түмүк: • Бу тэрээһин оҕолор экологическай билиилэрин кэҥэттэ уонна айылҕаны харыстыыр баҕаларын күүһүрдэ. • Оҕолорго айар дьоҕуру, бииргэ үлэлиир сатабылы иҥэрдэ. • Туһаммыт матырыйаалбыт иккистээн туттулларын туһунан туһалаах билиилэри ыллылар. Бу "Сир автобуһа" биһиги уьуйааммытыгар Сири харыстыыр туһунан үйэлээх өйдөбүнньүк буолан турар. Оҕолорбут тыыннаах айылҕаны ытыктыыр, харыстыыр дьон буолан улаатыахтара диэн эрэнэбит.