«СӨ ОДьКХ» ГУП үлэһиттэригэр — 2 июня 2026 г. в 04:08:11.802
«СӨ ОДьКХ» ГУП үлэһиттэригэр хамнас иэһин толору төлөөтүлэр «СӨ ОДьКХ» ГУП үлэһиттэригэр муус устар иккис аҥарын уонна ыам ыйын бастакы аҥарын хамнаһа толору төлөннө. Бу туһунан СӨ ОДьКХ, энергетикэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн тэрилтэҕэ хамнастары төлүүрүгэр субсидиялар көрүллүбүттэрэ. Үлэһиттэргэ уопсайа 551 мөл солк төлөннө, ол иһигэр муус устар иккис аҥарыгар 334 мөл кэриҥэ солк уонна ыам ыйын бастакы аҥарыгар 217 мөл солк. Ыам ыйын иккис аҥарын хамнаһа коллективнай дуогабарынан туруоруллубут болдьоҕунан төлөнүөҕэ – бэс ыйын ортотугар.

