🎓Выпускниктар Госуслуга нөҥүө БКЭ түмүгүн билиэхтэрин сөп — 4 июня 2026 г. в 15:01:01.866
🎓Выпускниктар Госуслуга нөҥүө БКЭ түмүгүн билиэхтэрин сөп БКЭ түмүгэ Госуслуга порталын тус кэбиниэтигэр көстөр. Түмүк бааллар эксээмэн үлэтин кииннээн бэрэбиэркэлээһин бүппүтүн кэннэ сарсыныгар тахсаллар. Түмүгү көрөргө тус кэбиниэккэ киирэр туһааннаах: 📌 «Докумуоннар» → «Үөрэх». Эбии бигэргэтии эбэтэр докумуон наадата суох. Ону тэҥэ БКЭ түмүгүн туһунан дааннайдары Госуслуга порталын нөҥүө үрдүк үөрэххэ киирэргэ сайабылыанньа биэриэххэ сөп, онон абитуриеннар бэйэлэрин баалларын туспа бигэргэтэллэрэ наадата суох. Выпускниктарга эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаралларыгар уонна үрдүк көрдөрүүлэри баҕарабыт!

