Айсен Николаев Россия күнүнэн эҕэрдэлээтэ — 12 июня 2026 г. в 02:49:53.054
Айсен Николаев Россия күнүнэн эҕэрдэлээтэ Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан дойдубут сүрүн бырааһынньыгынан — Россия күнүнэн эҕэрдэлиибин! Биһиги хас биирдиибитигэр төрөөбүт дойдубут улааппыт сирбититтэн, дьиэбититтэн, өбүгэлэрбитигэр сүгүрүйэрбититтэн уонна инникигэ эрэлбититтэн саҕаланар. Россия дьонунан-сэргэтинэн, улуу историятынан, түмсүүлээҕинэн, ханнык баҕарар ыарахаттары туоратар кыахтааҕынан күүстээх. Саха сирэ үлэҕэ бэриниилээх, талааннаах дьонунан дойду биир тутаах тирэҕинэн, күүһүнэн буолар. Күн бүгүн бары бииргэ түмсэммит, бэйэ-бэйэбитин өйөһөбүт, дойдубут көмүскээччилэринэн киэн туттабыт, Кыайыыга улахан эрэллээхпит, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит, бүтүн Россия инникитин туһугар үлэлэһэрбит сүҥкэн суолталааҕын билэбит. Күндү Сахам сирин олохтоохторо! Бу кэрэ-бэлиэ күн үүммүтүнэн эһиэхэ чэгиэн-чэбдик туругу, үтүөҕэ эрэли, дьолу-соргуну, или-эйэни уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев

