Уус Алдаҥҥа уматыгынан хааччыйыы балаһыанньата этэҥҥэ диэн сыаналанар — 10 июля 2026 г. в 05:48:27.078
Уус Алдаҥҥа уматыгынан хааччыйыы балаһыанньата этэҥҥэ диэн сыаналанар Уус Алдан улууһугар уматык заправкалара штатнай эрэһииминэн үлэлииллэр. Уматыгынан хааччыйыы балаһыанньата этэҥҥэ диэн улуустааҕы филиалбыт иһитиннэрдэ. Нэһилиэктэринэн от ыйыгар уонна атырдьах ыйыгар төһө туонна уматыкка наадыйалларын туһунан сурук СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр ыытыллыбыт. Аны нэһилиэктэр баһылыктара сүөһүнү, сылгыны ииттэр олохтоохтортон биирдиилээн сайаапка хомуйаллар.

