Айсен Николаев Мииринэйгэ үлэлиир — 24 августа 2026 г. в 06:07:17.083
Айсен Николаев Мииринэйгэ үлэлиир Ил Дархан Айсен Николаев Мииринэй оройуонугар үлэлиир. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ баһылыга 158 кыбартыыралаах куортам дьиэтин тутуутун хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Бу дьиэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыытынан, ДОМ.РФ кыттыылаах олоххо киллэриллэр табыгастаах куортам дьиэтин бырагырааматынан тутуллар. Дьон толору тэриллээх — миэбэллээх, бытовой тиэхиньикэлээх — кыбартыыралары ыйга 10-тан 19 тыһыынча солкуобайга диэри табыгастаах сыанаҕа ылыахтара диэн Ил Дархан бэйэтин социальнай ситимнэригэр суруйар. «Быйыл Саха сиригэр барыта 810 куортам кыбартыыратын киллэрэр былааннаахтар. Мииринэйгэ үлэ бара турар, наадалаах матырыйааллары аҕалбыттар. Ол гынан баран, сир ньуурун уратылара уонна тиэйии-таһыы уустуга бырайыагы ыараттылар. Маны кытта ситимнээх боппуруостары суһаллык быһаарарга, тутуу ирдэнэр тэтимин хааччыйарга уонна эбийиэги сыл бүтүөр диэри бүтэрэргэ сорудахтаатым», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Хаартыска: Айсен Николаев МАКС-ханаала

