⚡Саха сирин ойуурдарыгар ЧС эрэһиимин уһуллулар — 15 сентября 2026 г. в 01:31:45.619
⚡Саха сирин ойуурдарыгар ЧС эрэһиимин уһуллулар Ил Дархан Айсен Николаев балаҕан ыйын 14 күнүгэр тыаҕа ойуур баһаардарынан олохтоммут регионнааҕы таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимин тохтотор ыйаахха илии баттаата. Ойуурга улахан баһаардар умуруоруллубуттарын кэнниттэн, ону тэҥэ муниципальнай таһымнаах ЧС эрэһиимнэрэ уһуллубуттарынан тустаах быһаарыы ылылынна. «Уопсайынан ылан көрдөххө, биһиги туруоруллубут соруктары барытын толордубут. Баһаардар нэһилиэнньэлээх пууннар территорияларыгар киирбэтилэр. Баһаар утары үлэлэспит дьоҥҥо барыларыгар махталбын тиэрдэбин», — диэн Айсен Николаев «Прямой разговор» биэриигэ иһитиннэрдэ. Санатар буоллахха, ойуур баһаардарын балаһыанньата уустугунан от ыйын 10 күнүгэр регионнааҕы таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ олохтоммута.

