Саха сиригэр 392 тыһ тахса туонна от бэлэмнэннэ уонна 61 тыһ тахса туонна хортуоппуй хо... — 2 октября 2026 г. в 10:19:00.915
Саха сиригэр 392 тыһ тахса туонна от бэлэмнэннэ уонна 61 тыһ тахса туонна хортуоппуй хомулунна Өрөспүүбүлүкэҕэ оту бэлэмнээһин хампаанньа түмүктэнэн эрэр, оттон хомуур үлэтэ салҕанар. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин алтынньы 1 күнүнээҕи суһал дааннайынан, барыта 342 164 га ходуһа сирэ охсулунна, 392 418 туонна от бэлэмнэннэ — былаантан 93%, 27 795 туонна сиилэс — былаантан 93% уонна 10 037 туонна сенаж — былаантан 68%. От бэлэмнээһинин былаанын Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Нам, Чурапчы, Ньурба, Мииринэй, Аллараа Халыма, Уус Маайа улуустара, ону тэҥэ «Жатай» куораттааҕы уокурук толордулар. Хаартыска: Мария Архипова/«Якутия 24» https://nvk-online.ru/saha-siriger-392-ty-tahsa-tuonna-ot-belemnenne-uonna-61-ty-tahsa-tuonna-hortuoppuj-homulunna/