Владимир Путин Саха сиригэр «Точка будущего» арыйда
Владимир Путин Саха сиригэр «Точка будущего» арыйда Бүгүн РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сиригэр «Точка Будущего» диэн үөрэх комплексын арыйда, кэлэктииби уонна оскуола иитиллээччилэрин Учуутал күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Бу улахан бырайыагы «Новый дом» аһымал пуонда көҕүлээбитэ. 2020 сылтан 2026 сылга диэри олоххо киирдэ. Комплекс эбийиэктэрин уопсай иэнэ 50 тыһ. кв. м тахса, комплекс сирэ 26 га ылар. «Точка будущего» биир кэмҥэ 1040 оҕону ылар кыахтаах: 840 оҕону оскуолаҕа уонна 200 оҕону уһуйааҥҥа. Комплекска үөрэнэр букатын босхо, аһылыкка, үөрэх босуобуйаларыгар, оскуола форматыгар ороскуоттары эмиэ аһымал пуондата уйунар. Хаартыска: kremlin.ru https://nvk-online.ru/vladimir-putin-saha-siriger-tochka-budushhego-aryjda/