📍VII Хотугу форум пленарнай мунньаҕар Ил Дархан кыттыыны ылла
📍VII Хотугу форум пленарнай мунньаҕар Ил Дархан кыттыыны ылла Тирэхтээхтик сайдыы VII Хотугу форум пленарнай мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев оҥоһуу өй үйэтигэр киһи хапытаалын туһунан кэпсээтэ. Форум 12 дойдуттан, Россия 20 регионуттан 500-тэн тахса кыттааччыны түмтэ. Тэрээһин улахан суолталааҕын Россия тас дойдулар дьыалаларыгар миниистир Сергей Лавров этиитигэр бэлиэтээтэ. «Хоту сайдыыта наукаҕа уонна үөрэххэ олоҕуруохтаах. Куораттарга, сэлиэнньэлэргэ дьон-сэргэ сайдарыгар саҥа аартыктар арыллыахтаахтар», – диэн Ил Дархан эттэ. Ыам ыйыгар Ил Дархан Саха сиригэр ИИ сайдыытын стратегиятыгар илии баттаабыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ араас хайысхаҕа, ол иһигэр медицинэҕэ, судаарыстыбаннай салалтаҕа, култуураны, төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа оҥоһуу өйгө олоҕурбут 20-тэн тахса бырайыак үлэлиир.