Горнайга саҥа таас дьиэлэр дьэндэйэллэр
Горнайга саҥа таас дьиэлэр дьэндэйэллэр Горнай улууһугар хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан Бэрдьигэстээххэ күн бүгүн түөрт мэндиэмэннээх таас дьиэ иккис уочарата түмүктүүр түһүмэҕигэр үлэ күөстүү оргуйар. Нэһилиэнньэ уйгулаах олоҕун түстүүр кэскиллээх бырагыраама нөҥүө Горнай улууһугар кэлиҥҥи сылларга үгүс тутуу ыытылынна. Улуус киинигэр эрэ буолбакка кытыы сытар нэһилиэктэргэ эмиэ аныгылыы тупсаҕай, толору хааччыллыылаах, таас дьиэлэр кытта дьэндэйдилэр. Бүгүн Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Сэргэлээх түөлбэтигэр 4 этээстээх, 22 квартиралаах таас дьиэ иккис түһүмэҕин тутуу түмүктүүр түһүмэҕэр үлэ күөстүү оргуйар. Тутуу уопсай иэнэ 1120 кв м. Бүгүҥҥү туругунан үлэ 70 быраһыан оҥоһулунна. Үлэни Сахастройтранс тэрилтэ сүрүннүүр. Билигин тутуу көҥдөйө бүтэн ис тас бүрүөһүнүн, ититиитин бэлэмнииргэ үлэ барар. Маны таһынан кэлэр сылга хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраама улуус үс нэһилиэгэр - Солоҕоҥҥо, Атамайга уонна Кировскайга олоххо киириэҕэ.