Саха сиригэр уматыгынан хааччыйыы тохтоло суох бара турар
Саха сиригэр уматыгынан хааччыйыы тохтоло суох бара турар Дьокуускайдааҕы ньиэби харайар тэрилтэлэргэ улуустары уонна киин куораты уматыгынан хааччыйыы тохтоло суох бара турар. Аллараа Бэстээхтэн Дьокуускайга күн аайы анал паромунан 30-тан тахса бензовоз иһэр. Өрөспүүбүлүкэ хотугу улуустара уматыгынан толору хааччылыннылар. Ол эрээри аймалҕан тахсыбатын диэн бэнсиини кутууга быстах хааччахтааһыннар салгыы тутуһуллаллар. Билиҥҥи туругунан, Дьокуускай бары АЗС-тарыгар биир массыынаҕа 20 лиитэрэ эрэ кутуллар. Оттон «Саханефтегазсбыт» 51 №-дээх АЗС-гар 30 лиитэрэҕэ диэри бэнсиини куттарыахха сөп.