Саха сиригэр РФ Дьоруойа Александр Находкины чиэстээтилэр
Саха сиригэр РФ Дьоруойа Александр Находкины чиэстээтилэр Дьокуускайга Россия Дьоруойа Александр Находкины чиэстиир үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Ил Дархан Айсен Николаев Александр Находкиҥҥа байыаннай сорудахтары толорууга ураты хорсун быһыытын иһин махтанна. «Эн Чусовскайдар дьоруойдуу устуоруйаларын чиэстээхтик салҕаатыҥ. Эн хорсун быһыыгынан төрүттэргит, биһиги өрөспүүбүлүкэбит, бүтүн Россиябыт байыаннай албан аатын устуоруйатыгар бэйэн ааккын киллэрдиҥ. Ийэ дойдуга бэриниилээҕин уонна ураты хорсун быһыын хас биирдиибитигэр холобур буолар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бүтүннүүтэ эйигинэн киэн туттар», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Хаартыска: Андрей Сорокин/СИА https://nvk-online.ru/saha-siriger-rf-doruoja-aleksandr-nahodkiny-chiesteetiler/