«Сулус» хампаанньа суудуналара Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан айанныахтара
«Сулус» хампаанньа суудуналара Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан айанныахтара «Сулус» хампаанньа Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан үс суудунанан үлэлиэҕэ. Билиҥҥи кэмҥэ кинилэргэ лицензияны уонна техническэй бэлэмнэниини ааһаллар. Бу туһунан СӨ тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев иһитиннэрдэ. Айан сыаната ааспыт сылга курдук 2500 солк тэҥнэһэр. Уопсайа 30 кэриҥэ салгын олбохтоох суудуна үлэлиирэ былааннанар. Сарсыарда 07:00 ч. саҕалаан киэһэ 19:00 ч. диэри айанныыллар. Пассажирдарга анаан сылаас терминаллары бэлэмнээбиттэр. Муус хойуутук устар кэмигэр Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан аэроботтар сылдьыахтара. Хаартыска: Саха сирин тимир суоллара