Алтынньы 25 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ хаардыыра күүтүллэр
Алтынньы 25 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ хаардыыра күүтүллэр Саха сирин үгүс оройуоннарыгар алтынньы 25 күнүгэр кыра, сорох сирдэринэн орто хаар түһэрэ күүтүллэр. Тыал сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх үрүөҕэ, Арктика оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 19-24 миэтэрэ, түүн сөкүүндэҕэ 27-32. Түүн -10...-15, сарсыарданан -15...-20, соҕуруулуу-арҕаа -5...-10, хотугулуу-илин -21...-26. Күнүс -5...-10, соҕуруулуу-арҕаа 0...-5, хотугулуу-илин -10 ... -15. Дьокуускайга түүн -10...-12, күнүс -5 ... -7. Сарсыарда уонна күнүс кыралаан хаардыыра күүтүллэр, хотугулуу-арҕаа тыал сөкүүндэҕэ 5-10 миэрэ түргэннээх үрүөҕэ.