«Дьылҕа ыйааҕынан» кинигэ биһирэмэ
«Дьылҕа ыйааҕынан» кинигэ биһирэмэ Алтынньы 29 күнэ – Хомсомуол төрөөбүт күнэ. Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэҕэ бу күн өссө Онтуонабыс күнэ. Ааспыт сылларга Онтуонабыс, хомсомуол эрэллээх байыаһа, ыытыллар тэрээһин сүрүн геройа буолара. Онтон быйыл, Владимир Антонович Никифоров 85 үбүлүөйдээх сааһын туолуохтаах сылыгар, «Дьылҕа ыйааҕынан» кинигэ биһирэмэ… «Гражданскай килбиэн», ”Свет добра”, «СӨ норуотун уус уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин», «С.А.Зверев-Кыыл Уола ансамблын кыттыылааҕа» бэлиэлэрдээх СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Чаппанда нэһилиэгин уонна Ньурба улууһун Бочуоттаах олохтооҕо,СӨ үөрэҕин ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ В.А. Никифоров олоҕун кэрдиис кэмнэрин кэпсиир ДЬЫЛҔА ЫЙААҔЫНАН кинигэ биһирэмэ хайа да тэрээһиннэрдээҕэр элбэх киһини муспута, тэрээһин үс чаас барбыта Онтуонабыс дьиҥ чахчы Ньурба чаҕылхай киһитэ буоларын, айымньылаах олоҕу олорон дьонугар-сэргэтигэр сырдык-сылаас эрэ тыыны хаалларбытын туоһута... Сиһилии бу сигэнэн ааҕыҥ ⬇️⬇️⬇️ https://lib.nrbr.ru/dyl%d2%95a-yjaa%d2%95ynan-kinige-bi%d2%bbireme