«ТЫЫННААХ ТЫЛ» сайыҥҥы уһуйаан ыҥырар! 😍🌿☀️
«ТЫЫННААХ ТЫЛ» сайыҥҥы уһуйаан ыҥырар! 😍🌿☀️ Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһа, төрөөбүт сахатын тылынан саҥарар, ыллыыр-туойар, айар куттаах 2-5 кылаас оҕолорун сайыҥҥы сынньалаҥҥа күүтэр! «Тыыннаах тыл» сайыҥҥы уһуйаан сүрүн тосхоло: ⭐️«Олоҥхо дойдутун сэгэтэн...» айар түһүлгэ: • Ырыа-тойук, хомус алгыстаах тыаһа; • Хомоҕой тыллаах хоһооннор; • Сахалыы тыыннаах экскурсиялар, оонньуулар; • Саҥа доҕоттор уонна көхтөөх сынньалаҥ! ⭐️Программаҕа: 🔻Олоҥхо дойдутун оонньуулара - күүс-уох, өй-санаа эрчиллиилэрэ. 🔻Ырыа-тойук түһүлгэтэ - оһуохайы, олоҥхо ырыатын-тойугун толоруу сатабыла. 🔻Хомоҕой тыл хонуута - төрөөбүт тыл баайын үөрэтиигэ уһуйуллуу. ⭐️Уһуйаан туһунан сүрүнэ: Күнэ-дьыла: 2026 сыл бэс ыйын 1-11 күннэрэ (бэнидиэнньиктэн субботаҕа диэри) Бириэмэтэ: 09:00 - 12:30 ч. Буолар сирэ: Киров уул., 20 Сыаната: 3500 солк. Миэстэ хааччахтаах! Оҕоҕут сынньалаҥын туһалаахтык, атаарарга «Тыыннаах тыл» сайыҥҥы уһуйаан олус тоҕоостоох.✨ 📞Сайаапка биэрии: 8-914-227-03-28