Күһүнү сөбүлүүбүн,
Күһүнү сөбүлүүбүн, Күннээх сылаас кэмнэрин, Араас өӈнөөх ойуурга Хаама түһэн кэлэрбин. Сааскы тоӈот дьыбар кэмигэр, Томтойбут хаар үрдэр уйдаран, Айаннаан иһиэххэ үчүгэй... Ылааӈы күннэрин ахтабын. Кырыаны бүрүнэн кыһыммыт, Кылбаарар хаарынан үллүнэр, Ып-ыраас маӈан хаар ньууругар, Кыыл, көтөр суоллара тыргыллар. Күөҕүнэн чэлгийбит сайыммын, Сибэкки кэрэтэ киэргэтэр, Киӈкиниир ойуурга мустаннар, Чыычаахтар дьырылыы ыллыыллар. Инмэлиинэ, Өлөөн улууһа Харыйалаах бөһ. @redsardana @ulusmedia