“Чурапчы нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата Арассыыйатааҕы “Олох-дьаһах табыгаст... — 5 августа 2026 г. в 05:07:00.690
“Чурапчы нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата Арассыыйатааҕы “Олох-дьаһах табыгастаах эйгэтин тэрийии бастыҥ бырайыактара” диэн IV-с куонкуруска кыайан, Куохара үрэх кытылын (набережнай) оҥорууга 50 мөлүйүөн солкуобайы ылбыта. Бигэргэммит бырайык чэрчитинэн, Куохара үрэх хаҥас кытылыгар аныгы үйэ ирдэбилигэр толору эппиэттиир уопсастыбаннай сир үөскүөхтээх. Манна сынньанарга аналлаах зоналар, успуордунан дьарыктанар былаһааккалар, ону тэҥэ култуурунай уонна дьиэ кэргэнинэн мустан аһыыр-сынньанар миэстэлэр баар буолуохтара. Бу сылга былааннаммыт үлэ графигынан бара турар. #НАБЕРЕЖНАЯ #ГОДБЛАГОУСТРОЙСТВА #КУОХАРА Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата 05.08.2026 с.

