Убаастабыллаах бойобуой дьайыылар кыттыылаахтара уонна бэтэрээннэрэ! — 30 июня 2026 г. в 22:24:59.316
Убаастабыллаах бойобуой дьайыылар кыттыылаахтара уонна бэтэрээннэрэ! Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатын, нэһилиэк Сэбиэтин депутаттарын уонна тус бэйэм ааппыттан Бойобуой дьайыы кыттыылаахтарын күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! 2021 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев Ыйааҕынан Бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарын күнэ олохтонуоҕуттан, сыл ахсын от ыйын 1 күнүгэр бэлиэтиибит. Бу күн урукку ССРС, билигин РФ сиригэр-уотугар уонна атын судаарыстыбаларга буолуталаабыт бойобуой дьайыыларга, биирдииилээн сэриилэргэ кыттыыны ылбыт Саха сирин олохтоохторун хорсун быһыыларын, үтүөлэрин ытыктыыр уонна чиэстиир сыалтан олохтоммута. Аҕа дойдубут интэриэһин көмүскүүргэ тус олохторун толук уурбут, сулууспалаабыт уонна сулууспалыы сылдьар бойобуой дьайыы бары кыттыылаахтарыгар барҕа махталбытын этэбит. Инники кирбиигэ өстөөхтүүн киирсэ сылдьар уолаттарбытыгар бойобуой дьайыы сыалын-соругун ситиһиилээхтик толороҥҥут, төрөөбүт дойдугутугар кыайыы кынаттаах эргиллэргитигэр эрэнэбит. Эйэлээх олох эргийдин диэн бастыҥ баҕа санаабытын этэбит, тус олоххутугар дьолу, ситиһиилэри уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын! Ытыктаан туран, Э.Е. Филиппов «Сунтаар нэһилиэгэ» ТС баһылыга

