*Быйыл Бүлүүчээн нэһилиэгэр социальнай суолталаах эбийиэктэр тутуллуохтара.* — 22 мая 2026 г. в 11:41:05.938
*Быйыл Бүлүүчээн нэһилиэгэр социальнай суолталаах эбийиэктэр тутуллуохтара.* 🔹️🔹️🔹️Сунтаар улууһугар саамай уһук сытар Бүлүүчээн нэһилиэгэр дьон доруобуйатын араҥаччылыыр балыыһа дьиэтэ тутуллуоҕа. Тендергэ "Азия Кар Трейдинг" тэрилтэ кыайыылааҕынан тахсан, бу сайын тутууну саҕалаан, эбийиэги былаан быһыытынан аны күһүн үлэҕэ киллэриэҕэ. Маны таһынан "Чөл туруктаах нэһилиэнньэ - ситиһии төрүөтэ" диэн санаанан салайтаран, олохтоох дьаһалта куонкуруска кыттан, ГТО тиэһин тутар, анал оборудованиенан толору хааччыллыылаах былаһаакка оҥоһуллуоҕа. Бу бырайыак федеральнай программанан олоххо киириэҕэ. Бүлүүчээн нэһилиэгин холобура тыа сирэ кэскиллээхтик сайдарын, судаарыстыба уонна олохтоох былаас көмөтүнэн табыгастаах усулуобуйа тэриллэрин бигэтик туоһулуур. 📸Саҥа эбийиэктэр сирдэрин улуус баһылыга Анатолий Григорьев көрдө👆 _Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата_

