Убаастабыллаах Федот Семёнович!
Убаастабыллаах Федот Семёнович! Эйиигин учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибин! Киһи олоҕун устата элбэх "учууталга" үөрэнэр! Оскуола кэнниттэн сүрүн үөрэх саҕаланар. Бу олох, үлэ, дьоҥҥо сыһыан, ыал тутулун оскуолалара. Манна эмиэ туспа уһуйар, такайар учууталлар бааллар эбит. Ол курдук мин үөрэхпин бүтэрэн, үлэһит буолан эн салайар улахан финансовай, инвестиционнай тэрилтэҕэр кэлэммин бэйэм үлэбин саҕалаабытым. Манна эмиэ үлэһит буолан бастакы хардыылары оҥорорбор эйиигиттэн салайааччы быһыытынан көрөммүн, истэммин элбэххэ үөрэммитим. Киһи элбэҕи көрөн, истэн, элбэхтэ сыыһан үөрэнэр эбит. Онно бэйэтигэр сөптөөх дьонтон үөрэнэр, ылынар. Ол иһин мин бэйэм олохпор, эйиигин эмиэ учуутал оҥостон эйиигиттэн элбэххэ үөрэммитим. Онон бу учуутал, оскуоланы эрэ кытта сыһыаннаах буолбакка, олох оскуолатын учуутала баарын эмиэ билэммин эйиэхэ махталбын, эҕэрдэбин тиэрдэбин!