Бүгүн, олунньу 16 күнэ – Саха норуотун чулуу уола, саха литературатын төрүттээччилэртэн...
Бүгүн, олунньу 16 күнэ – Саха норуотун чулуу уола, саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, бөдөҥ суруйааччы уонна общественнай деятель Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнэ. Бу бэлиэ күҥҥэ анаан, биһиги оскуолабыт оҕолоро кини аатынан скверга баран кэллилэр. Ытык киһи аатын үйэтитэр сквергэ сылдьыы, оҕолор өйдөрүгэр- санааларыгар дириҥник хатанан, норуотун кэскилин туһугар үлэлээбит үтүө холобура, оҕолор инники олохторугар суолдьут сулус буолуо диэн эрэнэбит.