Сынньалаҥ күннэргэ оҕолорбут таһырдьа тахсан, ыраас салгыҥҥа оонньууллара, сыыртан сыры...
Сынньалаҥ күннэргэ оҕолорбут таһырдьа тахсан, ыраас салгыҥҥа оонньууллара, сыыртан сырылаан түһэллэрэ – олус үөрүүлээх көстүү! Таһырдьа үөрэн-көтөн оонньооһун, хаар үөһүнэн ыстаҥалааһын оҕолорбут чэгиэн туруктаах буолалларыгар олус туһалаах. Ыраас салгын, сырдык күн уота – доруобуйа тутааҕа. Оҕолорбут куруук дьоллоох, күлэ-үөрэ эрэ сырыттыннар! Сынньалаҥ кэмнэрэ өрүү үөрүүнэн, оонньуунан толору буоллуннар!