Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр бу күннэргэ киин оройуоннарга күүстээх тыалы кытта халыҥ ... — 11 марта 2026 г. в 11:20:44.781
Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр бу күннэргэ киин оройуоннарга күүстээх тыалы кытта халыҥ хаар түһүө диэн сабаҕалыыллар. Ытыктабыллаах Майа сэлиэнньэтин олохтоохторо! Тыалга уот барыыта, остуолбалар, араас конструкциялар, мастар сууллуулара тахсыан сөбүн өйдөөн туран сэрэхтээх буоларгытыгар ыҥырабыт! ❗️Уотунан барар тэриллэри розеткаттан араара сылдьыҥ, көрүүтэ суох хаалларымаҥ. ❗️Суолга сэрэхтээх буолуҥ, бытааннык, сэрэнэн айаннааҥ! Күүстээх тыал, хаар түстэҕинэ муус тоҥот (гололед) үөскүүрүн, суол-иис туруга, көстөрө мөлтүүрүн умнумаҥ. ❗️Ыксаллаах быһыы-майгы тахсар түгэнигэр улуустааҕы биир кэлим дьуһуурунай диспетчерскэй сулууспаҕа 89659980604, 8(411-43)47-880 эбэтэр 112 нүөмэринэн биллэрэргит тоҕоостоох. Майа олохтоох дьаһалтата

