Управление культуры и духовного развития МР «Хангаласский улус»
Новости · 2 июня 2026 г.
Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура уонна Хаҥалас ... — 2 июня 2026 г. в 06:14:49.100
Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура уонна Хаҥалас улууһугар биир санааннан айар-тутар түмсүүлээх буолуу сылыгар аналлаах Төрүт култуура толорор ньымаларыгар «ДЬИЭРЭЙ КӨМҮС КЫЛЫҺАХ» улуустааҕы күрэс тосхоло. 📍 ТЭК «Орто Дойду», «Тойук Тоҕойо» түһүлгэ 📆 Бэс ыйын 21 күнэ 2026 сыл 🕞 Күнүс 15:00 чаастан 🎵Норуот тылынан уус-уран айымньытын олоҥхону, норуот ырыатын, тойугу, чабырбаҕы үйэтитии; 🎵Кылыһахтаах кэрэ куоластаах, уус-уран тыллаах-өстөөх ырыаһыттары, тойуксуттары, олоҥхону толорооччулары талыы, истии, сайыннарыы, сана ааттары арыйыы; 🎵Тойугу истэр, сэҥээрэр эйгэни кэҥэтии. Күрэххэ биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толорооччулар икки сааһынан арахсан кытталлар (18-тан 35-гэр дылы, 36-тэн үөһээ) 📄 Күрэс Тосхолун бу сигэнэн киирэн аах #КультураХаналас

