🌿⚜️Бу кэрэ бэлиэ күҥҥэ улуус чулуу үлэhиттэригэр үрдүк наҕараадалар туттарылыннылар. — 26 июня 2026 г. в 11:36:56.486
🌿⚜️Бу кэрэ бэлиэ күҥҥэ улуус чулуу үлэhиттэригэр үрдүк наҕараадалар туттарылыннылар. 🌟СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ үрдүк аат Мартынов К.Д. ССРС култууратын туйгунугар, култуура бэтэрээнигэр иҥэрилиннэ. 🌟 «Гражданскай Килбиэн» СӨ Ил Дархан бэлиэтинэн Кононов П.С., СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ наҕараадаланна. 🌟СӨ олох- дьаһах комуунальнай хаһаайыстыба, энергетика сайдыытыгар үтүөлэрин иһин бэлиэнэн Габышев А.Д. наҕараадаланна. 🌟Култуура уонна духуобунай сайдыы Министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан Быганова В.Н. култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын салайааччыта наҕараадаланна. 🌟Улуус баһылыга Н.В. Андреевка Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо үрдүк аат иҥэрилиннэ уонна СӨ Судаарыстыбаннай мунньах (Ил Түмэн) Бочуотунай грамотата туттарылынна. 🌟СӨ Судаарыстыбаннай мунньах (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин Махтал суруга СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕор В.И.Алексеевка туттарылынна. 🌟Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо үрдүк аат иҥэрилиннэ: 🔹Н.Е.Алексеевка, СӨ эргиэнин үтүөлээх үлэһитигэр, спорт, үлэ бэтэрээнигэр; 🔹А.Н.Антоноваҕа муниципальнай сулууспа, үлэ бэтэрээнигэр; 🔹 Д.М. Борисовка, ис дьыала бэтэрээнигэр, Бэрдьигэстээх, Маалтааны Бочуоттаах олохтооҕор; 🔹Н.П. Варламовка, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитигэр, педагогическай үлэ бэтэрээнигэр; 🔹 Р.А.Ивановка, педагогическай үлэ бэтэрээнигэр, Кировскай орто оскуолатын учууталыгар; 🔹Д.И. Капитоноваҕа, государственнай сулууспа, үлэ бэтэрээнигэр; 🔹В.Р.Пахомовка, үлэ, спорт бэтэрээнигэр, Бэрдьигэстээх, Солоҕон нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕор. 🌟Улуус дьокутааттарын Сэбиэтин Бочуоттаах грамотатынан Потапова Н.М., Ресурснай киин директорын солбуйааччыта наҕараадаланна. 🔹Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ Бочуоттаах олохтооҕо үрдүк аат Аянитова В.И., СӨ култууратын туйгунугар иҥэрилиннэ. 🔹Бэрдьигэстээх нэһилиэгин сайдыытыгар үтүөлэрин иһин бэлиэ А.Е. Егороваҕа, СӨ үөрэҕириитин туйгунугар туттарылынна. ♥️Тапталлаах улууспут үбүлүөйдээх ыһыаҕын түмсүүлээхтик бэлиэтээтибит. 🌿Сайыҥҥы күөх быйаҥтан элбэх оту оттоон, үрүҥ илгэни үрүлүтэн, инникигэ эрэллээх, түмсүүлээх буолуоҕуҥ! 🌟Ыhыаҕы тэрийсибит култуура үлэhиттэригэр, кыттыбыт бары ырыа, үҥкүү ансаамбылларыгар, биирдиилээн олохтоох кыттааччыларга, үлэ кэллэктииптэригэр, биир дойдулаахтарбытыгар улахан махталбытын тириэрдэбит. Улуус култуура5а уонна духуобунай сайдыыга управлениета

