300-чэ нэһилиэнньэлээх Элгэс нэһилиэгэр аҕыс ыал ынах сүөһүнү тутан туруорар
300-чэ нэһилиэнньэлээх Элгэс нэһилиэгэр аҕыс ыал ынах сүөһүнү тутан туруорар 🐄 Элгэс нэһилиэгэр элбэх ходуһалары уу ыллар да, ынах сүөһүнү, сылгыны ииттэр хаһаайыстыбалаах дьон балачча оттоннулар, от үүнүүтэ быйыл куһаҕана суох буолан туруоруллубут былааны толоруу сэнэх көстүүлээх. 8 биирдиилээн хаһаайыстыба 55 ынах сүөһүнү ииттэн тураллар, ол иһигэр 21 ынах, 21 тыһаҕас, 12 торбос уонна биир «Нохоо» диэн оҥус. 🐎 Сылгыга 2 бааһынай хаһаайыстыба (ИП) 116 сылгылаахтар, маны таһынан 31 биирдиилээн хаһаайыстыба 219 сылгыны ииттэн тураллар. А.Р. Слепцов аатынан Элгэс орто оскуолата 6 сылгылаах. Онон, уопсайа нэһилиэк үрдүнэн 341 сылгы баара бэлиэтэнэр. 📲 Сиhилии @channel_vestiverkhoyanya
Канал в каталоге Максиметера
515 подписчиков · Новости