Балаҕан ыйа - Улуу Суорун ыйа 🍂
Балаҕан ыйа - Улуу Суорун ыйа 🍂 Саха дьоно сайылыктан көһөн кыстыыр балаҕаннарыгар киирэр кэмнэрэ буолар. Өбүгэлэрбит балаҕан ыйыгар түбүктэрэ дьэ саҕаланара: хотон сыбаҕын быраҕыы, оттук маһы бэлэмнээһин. Бу кэмҥэ кинилэр кэлэр кыһын хайдах буолуоҕун уонна эһиилги дьылы ардах төһө түһэринэн, айылҕа уларыйыытынан кэтээн көрөллөрө, сылыктыыллара. 🔸Балаҕан ыйын 14 күнэ – Сэмэнэп таҥара. Бу күн былыттаах уонна ардахтаах буоллаҕына, күһүн уһуур. 🔸Балаҕан ыйын 14-21 күнэ – “дьахтар сайына” саҕаланар. Бастакы күнэ ыраас, чаҕылхай буоллаҕына күһүнэ ичигэс, силбиктэннэҕинэ – кураан. 🔸Балаҕан ыйын 19 күнэ – хаар, хаһыҥ түһэр, үөл кус балаҕан ыйын 30-гар диэри барар. 🔸Балаҕан ыйын 23 күнүгэр сырдык уонна хараҥа тэҥнэһэр (“равноденствие”). Мантан ыла түүнэ баһыйан күнэ кылгыыр. 🔸Балаҕан ыйын 27 күнэ – кус-хаас үөһэнэн айаннаатаҕына, уһун кураан күһүн буолар.